Бэс ыйын 27 күнүгэр Чурапчы улууһугар XIX Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Ийэ тыл кэскилэ” уонна “Ийэ тыл” уопсастыбаннай түмсүүлэр көҕүлээһиннэринэн Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ тэрилиннэ.
СӨ Үөрэҕирии уонна билим Министиэристибэтин өйөбүлүнэн “Ийэ тыл кэскилэ”, Норуот педагогикатын Ассоциацията, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназиятын “Төрөппүт кыһата” бөлөҕө “Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо” оскуола, уһуйаан төрөппүтүн түмсүүтүн күрэһин биллэрбитэ.
Сүрүн бириистэри “Барҕарыы” национальнай пуонда анаата (салайааччы Альбина Иннокентьевна Поисеева).
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттара быһаарылынна:
- I Үрдэл (20000 солк.) Дьокуускай куорат 51 №-дээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын Төрөппүт кэмитиэтэ («Дьиэ кэргэн уонна уһуйаан – оҕону иитиигэ үтүө олуктара»).
- II Үрдэл (15000 солк.) Амматааҕы «Хатыҥчаана» уhуйаан «Мичээр» бөлөҕө («Саха тылын сарсыҥҥыта – инники көлүөнэҕэ»).
- III Үрдэл (10000 солк.) Мэҥэ Хаҥалас улууһун Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолатын Төрөппүт кэмитиэтэ («9 эйгэ»).
Маны таһынан, «Сахам Сайдам саҥата”, “КиберСаха” түмсүүлэр уонна биирдиилээн саха тылыгар кыһаллааччылар – Күбэйэ уонна Яков Оконешников спонсордаан, 38000 солк. хомуллан эбии бириэмийэлэр ананнылар:
- 5000 солк. – Чурапчы улууһун В.С. Васильев аатынан Хатылы орто оскуолата (“Төрүт төрөппүт түмэлэ”);
- 5000 солк. — Таатта улууһун Теряковтар дьиэ кэргэн (“Иитэр-үөрэтэр эйгэни сыдьаанынан тэрийии”);
- 3000 солк. – Дьокуускай куорат 24 №-дээх “Сардаана” уһуйаана, сал. Протодьяконов Никита Михайлович (“Өбүгэ төрүт дьарыгынан оҕону ийэ тылыгар иитии”).
Учууталларга уонна иитээччилэргэ анаан “САХАЛЫЫ САҤА” күрэс бириэмиэйэтэ туттарылынна:
- I Үрдэл (10000 солк.) – Чурапчытааҕы “Улыбка” уһуйаан үлэһитэ М.П. Саввина, төрөппүт А.В. Посельская (“Сыыппара эйгэтин нөҥүө оҕо саҥатын сайыннарыы”).
- II Үрдэл (7000 солк.) – Уус-Алдан Кэптэнитин “Чэчир” уһуйаанын М.И. Сысолятина, М.Е. Бурнашева (“Сонор оонньуу нөҥүө олоҥхону үөрэтии”).
- III Үрдэл (5000 солк.) – С. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын учууталлара уонна төрөппүттэрэ А.Н. Тимофеева, С.А. Седалищева, А.Г. Байагантаева, Т.М. Пестерева, В.Н. Игнатьева (“Буукуба нөҥүө сахалыы саҥардыы”).
3000 солк. – Бүлүү Үгүлээтин оскуолатын саха тылын учуутала Сивцева Хаарчаана (“Төрөөбүт төрүт тылбытын сайыннарыах”);
Хайҕал суругунан бэлиэтэннилэр:
- Мэҥэ-Хаҥалас Лоомтукатын Тыыллыма оскуолатын алын сүһүөҕүн учууталлара (“Уматыс” бырайыак).
- Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын уһуйаана (“Оҕо хомоҕой тылын сайыннарыы”).
- Таатта улууһун Ытык Күөл «Сулусчаан» уһуйаана (“Түп этинии – оҕо сайдыытын тирэҕэ”).
Дьүүллүүр сүбэ сүрүннээн төрөппүт кыттыытын үрдүктүк сыаналаата, ураты ньымаларга болҕомто уурда, ону таһынан оҕону күннээҕи сахалыы саҥардар үлэлэри биһирээтэ.