Бу балаһыанньа «Барҕарыы»  үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрин сыалын, соруктарын, тэрээһин торумун, кыттыы бэрээдэгин чопчулуур (салгыы — кэмпириэнсийэ). Кэмпириэнсийэни «Барҕарыы» пуонда СӨ Үөрэҕириигэ уонна наукаҕа Министиэристибэтин, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Федеральнай чинчийэр киинин, о.д.а. билим, үөрэх тэрилтэтин быһаччы өйөбүлүнэн тэрийэр.

 

  1.     «Барҕарыы» кэмпириэнсийэ

     

сыала – чинчийэр үлэ нөҥүө оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылын сайыннарыы.

соруктара – үөрэнээччилэр билим, култуура, общественность үлэһиттэрин кытта аһаҕастык сэһэргэһэр, бодоруһар эйгэтин тэрийии; төрөөбүт тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, сахалыы саҥа култууратын үрдэтии; билими киэҥ эйгэҕэ сырдатыы, тарҕатыы; анал экспертэр кыттыылаах үлэлэри үрдүк таһымнаахтык сыаналааһын, атын күрэхтэргэ талыы.

1. 1. Кэмпириэнсийэ сылын аайы ыытыллар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьоҕурдаах оҕолорун өйүүр сүрүн тэрээһин ахсааныгар киирэр.

1.2. Кэмпириэнсийэ ыытыллар тыла – сахалыы. 

1.3. Кэмпириэнсийэ ыытыллар былаанын, бырагыраамматын, тэрээһин таһымнаахтык ааһарыгар сөптөөх дьаһаллары Тэрийэр кэмитиэт ылынар.

1.4. Кэмпириэнсийэ туһунан биллэрии bargaryy.ru, minobrnauki.sakha.gov.ru, yaguo.ru саайтарга тахсар.

 

1.5. Кэмпириэнсийэ түһүмэхтэрэ:

— улуустааҕы, куораттааҕы түһүмэҕи 7-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан улуустааҕы, куораттааҕы үөрэҕирии салаата тэрийэр (сэтинньи –тохсунньу);

— кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин 7-11 кылаастарыгар анаан Тэрийэр кэмитиэт ыытар (олунньу);

— улуустааҕы, куораттааҕы түһүмэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх кыттыылаахтара быһаарыллар; 

— тэрийэр кэмитиэт оҥорбут ыҥырыы испииһэгэ кэмпириэнсийэҕэ кыттарга  көҥүл биэрэр.

 

2. Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхалара

2.1. Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхалара:

Тыл үөрэҕэ

Педагогика уонна уйулҕа билимэ

Култуура уонна искусство

История 

Кыраайы үөрэтии, айылҕаны харыстааһын

Биология уонна мэдиссиинэ

Математика

Физика, астрономия

Информатика, IT Технология 

Химия

Тиэхиньикэ 

Экономика, бэйэ оҥорон таһаарыы

 

3. Кэмпириэнсийэни ыытыы

3.1. Кэмпириэнсийэ улуустааҕы, куораттааҕы түһүмэҕэ очнай (тус кыттыы) көрүҥүнэн ыытыллар.

3.2. Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ очнай тус кыттыы (очнай)  уонна анал быһаарыынан  кэтэхтэн кыттыы (заочнай) көҥүллэниэн сөп. Кыттааччылар испииһэктэрин Тэрийэр кэмитиэт бигэргэтэр. 

3.3. Кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ 2 күн устата ыытыллар.

Маҥнайгы күн – секциянан үлэ.

Иккис күн – түмүк таһаарыы, кыайыылаахтарга, кыттааччыларга анаан сүбэлэр.

3.4. Үөрэнээччини кытыннарар тэрилтэлэр тырааныспары, ГИБДД арыаллааһынын, олорор-аһыыр усулуобуйаны тэрийэллэр, куттал суоһаабатын уонна сэрэхтээх буолууну хааччыйаллар, олоҕу хараанныыр миэрэлэри ылыналлар. 

 

4. Дьүүллүүр сүбэ састаабын быһаарыы

4.1. Дьүүллүүр сүбэ (экспердэр) састаабыгар РНА Сибиирдээҕи салаатын  Федеральнай чинчийэр киинин научнай үлэһиттэрэ, Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет преподавателлэрэ, үрдүкү үөрэх, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ киирэллэр. Бэрэссэдээтэл, сэкирэтээр уонна атын чилиэннээх хамыыһыйа састаабын Тэрийэр кэмититэт бигэргэтэр.

4.2. Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри сыаналаан, уопсай түмүк таһаарар.

 

5. Үлэни сыаналыыр ирдэбил.

5.1. Кэмпириэнсийэ бары түһүмэҕэр экспердэр үөрэнээччи үлэтин биир кэлим кэриҥинэн сыаналыыллар.

5.2. Үлэ ис хоһоонугар сүрүн ирдэбил.

    • Кыттааччы кэмпириэнсийэҕэ бэйэтэ эбэтэр бөлөҕүнэн толоруллубут үлэнэн кыттар бырааптаах. 
    • Чинчийии үөрэнээччи тус үлэтэ буолуохтаах. Тиэкис 70% ааптар бэйэтин үлэтэ буолара ирдэнэр. Атын ааптар үлэтин туһаныыны сөптөөхтүк ыйан, сыылка оҥорор наада. Тэрийээччи үлэни Антиплагиат систиэмэҕэ бэрэбиэркэлиир бырааптаах.
    • Үөрэнээччи үлэтэ сиэр-майгы нуорматын кэһиэ суохтаах.
    • Чинчийии билим ирдэбилигэр сөп түбэһэрэ ирдэнэр. Үлэ түмүгэ айылҕа, общество, билим сүрүннүүр сокуоннарын утарыа суохтаах.
    • Тиэрминнэр сахалыы, нууччалыы тылынан туттуллаллар.

 

5.3. Үлэни сыаналыыр кэриҥнэр.

1 кэриҥ – үлэни үөрэнээччи тус бэйэтэ толоруута.  

2 кэриҥ – ыйытыыга хоруй таһыма, дириҥэ, хаачыстыбата. 

3 кэриҥ – чинчийии ньымата.

4 кэриҥ – түмүк уопсай таһыма (саҥаны киллэрии, ырытыыга киирбит матырыйаал кээмэйэ).

5 кэриҥ – ырытыы, анаарыы дириҥэ, эрдэ чинчийиллибит үлэлэргэ тирэҕирии, ньыма арааһын туттуу.

Сыаналааһыҥҥа баал тэҥнэһэр түгэнигэр бастыҥ үлэни таларга үс бастакы кэриҥ суумматыгар болҕомто ууруллар.

6. Кэмпириэнсийэ түмүгүн таһаарыы.

6.1. Сиэксийэлэр кыттыылаахтарын биир кэлим көрдөрүүтүгэр (рейтинигэр) тирэҕирэн, түмүктүүр боротокуол оҥоһуллар, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ бигэргэтэр.

6.2. Кыайыылаахтар лауреат, уонна 1,2,3 истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэнэллэр. 

 

  1. Күрэххэ кыттар матырыйаалга ирдэбил.

7.1. Презентация. Презентацияны оҥорууга ирдэбиллэр: Көрүҥэ — pdf. Кээмэйэ 10 слайдаттан / сирэйтэн тахсыа суохтаах.

7.2. Ыстатыйа. Тиэкис көрүҥнээх үлэҕэ ирдэбиллэр. Формата — MS Word үлэ сиһилиир чааһыгар: бырайыак научнай, чинчийэр, практическай проблемата; чинчийии ырытыыта, бу тиэмэҕэ туһуламмыт үлэлэр, үлэ түмүгүн туттуллуута; туһаныллыбыт технология, ньыма сиһилээһинэ, чинчийии түмүгэ (үлэ түмүгэр туох ситиһиллибитин, научнай-чинчийэр, практическай проблема быһаарыллыыта), кыттааччы тус түмүгэ.

7.3. Тиэкис кээмэйэ 15000  бэлиэттэн тахсыа суохтаах. Сириип кээмэйэ -14, арыта 1,5, файл кээмэйэ 5 Мб кыра буолуохтаах.

7.4. Чинчийии титул илииһигэр кыттааччы араспаанньата, аата, аҕатын аата, ханнык улуустан (оройуонтан, куораттан кэлбитэ), оскуолата, бырайыак аата, научнай салайааччытын араспаанньата, аата, аҕатын аата ыйыллар (баар буоллаҕына). ​

 

Поделиться: