«Күөрэгэй» бэстибээлгэ хоһоон суруйуу күрэҕэ

poiseeva

2023 сылга сэтинньи ый 26 күнүгэр «Күөрэгэй» төрүт тыл бэстибээлин чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар анаан хоһоон суруйуу күрэҕэ ыытыллыбыта. Манна сааһыттан тутулуга суох ким баҕалаах бары кыттыбыта. Наһаа үчүгэй оҕоҕо аналлаах хоһооннор суруллан күн сирин көрбүттэрэ кэрэхсэбиллээх. Бу күрэҕи «Барҕарыы» пуондата үбүлээтэ.

Маҥнайгы миэстэҕэ 15000 солкуобай;
Иккис миэстэҕэ 10000 солкуобай;
Үһүс миэстэҕэ 5000 солкуобай харчынан бирииһи туруоран үөрүүбүт үгүс, махталбыт муҥура суох. Түмүгүн «Күөрэгэй» төрөөбүт тыл бэстибээлигэр таһаарбыппыт, туһааннаах дьон анал бириистэрин кытта туоһу суруктарын туппуттара, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
1 миэстэ:
Гуляев Иван Тимофеевич
«Муҥхаҕа»,
«Саҥа дьыл»

2 миэстэ:
1. Сидорова Дария Дмитриевна
«Аһаҕас Дорҕооннор»,
«Дьуптуоннар»
2. Бурнашева Валентина Ивановна
«Сэттэ мэтириэт»
3 миэстэ:
1. Светлана Андреева-Маайа сиэнэ
«Тииһи харыстыахха»
2. Коротова Екатерина Алексеевна-Кэтии Лэчил
«Өбүгэбит оонньуута»
3. Татаринова Ольга Михайловна-Чуораайытта
«Сахам тыла барахсан»

Поделиться: