Ыытыллыбыт кэмэ: 03.06.2024–28.06.2024.
Салайааччылар: Михайлова Надежда Клавдиевна, Варламова Елена Николаевна
Сыала-соруга: оҕолор төрөөбүт дойдуларын сирин-уотун, итэҕэлин билсэн, үтүө үгэстэрин туһанан инники олохторугар, сайдалларыгар көмөлөһүү.
Араас эбии дьарык, көрсүһүү, поход, экскурсия тэрилиннэ:
- «Биһикпин ыйаабыт сирим». Төрөөбүт дойдуну билии, ытыктааһын. Марафон Саха сирин туһунан ырыалары, хоһооннору үөрэтии, истии. Куоратым ураты сирдэрэ.
- «Төрдүм ууһум, төрүттэрим». Эбэҕэ, эһэҕэ ытыктабылы иҥэрии. Дьарык «Кырдьаҕаһы ытыктаа, кырдьар сааһы убаастаа». Төрүччүлэрин туһунан кэпсэтии.
- «Мин айылҕа оҕотобун». Балыктааһын, бултааһын ньымаларыгар уһуйуу, билиһиннэрии, «Сиргэ-уокка сиэри-туому тутуһуу». Тулалыыр эйгэбитигэр, айылҕабытыгар баар ураты үөннэри-көйүүрдэри, Сахабыт сирин отун-маһын кытта билсиһии.
- «Остуоруйа алыптаах эйгэтэ». Мындыр өй күрэҕэ, сахалыы оонньуулар, остуоруйалар. «Аптаах остуоруйа дойдута» остуоруйалаһыы, оонньоон көрдөрүү, сахалыы оонньуулары оонньооһун.
- «Бэҕэһээ, бүгүн, сарсын». Уруккуну, билиҥҥини, инникини ситимнээн толкуйдуурга үөрэтии. Былааннана үөрэнии.
- «Кустук өҥнөөх, Кымыс сыттаах Сахам мандаар саҥата». Төрөөбүт тылынан саҥарарга үөрэнии. «Сахалыы сөпкө саҥарабыт». Сомоҕо домохтору кытта билсиһии.
- «Киһи бэрдэ буолуум диэн». Араас сатабыллары сайыннарыы. Маастар-кылаастар. «Төрөөбүт дойдугун төһө билэҕин» («Моя Якутия» остуол оонньуутун оонньооһун).
- «Үтүө үгэс» сиэр-майгы туһунан кэпсэтии. Өбүгэлэрбит үгэстэрин кытта билсиһии. «Өбүгэ үгэһин билиһиннэрии». Ыһыах сиэр-туома.
- «Үлэ, эйэ дойдутугар». Үлэнэн иитии. Сайылыкка көһүү туһунан кэпсэтии. Дьиэ ис-тас үлэтин үлэлээһин, сибэккилэри харайыы. Тулагы агрооскуолатыгар тыа хаһаайыстыбатын кытта билсиһии.
Тулагы агрооскуолатын лааҕырыгар ыалдьыттаан, оҕолор бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта билсистилэр, оҕуруот үүнээйилэрин, дьиэ көтөрдөрүн көрүү-харайыы ньымаларын биллилэр. Оҕолор сахалыы ырыа үөрэтэн, «Лето в кадре» куорат иһинэн ыытыллыбыт клип күрэҕэр «Күн бытархайа» ырыаҕа устубут клиптара кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Походка сылдьан «Саха сатаабатаҕа суох» диэн араас тургутуктары ааһан, туризм, квест оонньуулары сахалыы, аныгылыы тыынынан ыытан, бэрт тэрээһин ааста. А.С. Пушкин төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ “Пушкин сахалыы саңарар” кэрчиккэ, оҕолор поэт хоһооннорун нууччалыы, сахалыы тылынан аахтылар (А.А. Мохова көҥүл тылбааһыгар). Ыһыах тэрээһинэ олус сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык ааста. Оҕолор сахалыы таҥнан алгыс ылыннылар, алаадьы амсайдылар, сахалыы викторинаҕа кытыннылар, остуол оонньуутугар, мас тардыһыытыгар, сүүрүүгэ, ойбонтон уулааһыҥҥа күрэхтэстилэр. П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ экскурсияҕа сылдьан, саха суруйааччыларын, айымньыларын кытта оонньуу-квест көмөтүнэн билсистилэр.